Эр ки?и уонна дьахтар
Егор Петрович Неймохов
Били??и кэм прозата
Кинигэ?э ааптар са?а айымньылара киирдилэр.
«Эр ки?и уонна дьахтар» сэ?э??э уларыта тутуу са?ана учуонайдар уонна били??и кэм?э кинилэр о?олорун олохторо ойууланар.
«?л??нэ очуостарыгар», «Т?н?н», «Ыалдьыттыы сылдьан», «Маай быраа?ынньыгын иннигэр» кэпсээннэр таптал тиэмэтигэр ананаллар.
Киинэ сценарийыгар би?иги эрэ буолбакка, ?ст??х командованиета кытта кэрэхсээбит Герой Ф.М. Охлопков бойобуой суола кэпсэнэр.
Норуодунай суруйааччы 60 саа?ыгар тахсар.
Неймохов Егор Петрович
ЭР КИ?И УОННА ДЬАХТАР
ЭР КИ?И УОННА ДЬАХТАР
1
Дьокуускайга саас кэлэн, кы?ыны бы?а туман анныгар с?тэ сылдьыбыт дьиэлэр к?н уотун ?ст??к?лэ таастарыгар т??эрэн ча?ылытан, к?л?м?рдэс уоту ыспахтыы, истэриттэн ураты сырдыгы сыдьаайарга дылылар. Олус чэбдик ча?ылхай сааскы к?н хааман и?эн, аан дойдуга олох ха?ан да быстыа суо?а, субу ??рэ-к?т? сылдьар дьоннор бука бары ?л?р диэни билбэккэ, ?йэлэр тухары олоруохтара диэх курдуккун. О?олор аймал?ан б???т?н т??эрэн, сыыр ?рд?ттэн хатыыскалаан сырылаталлар. Киинэ тыйаатырыттан тахсыбыт быйыл ?рд?к ??рэх т?рд?с куурсун б?тэрээри сылдьар Бэргэн Уйбаныап эмискэ дьээбэлэниэх санаата к?т?н т?стэ да, кинилэри ?т?ктэн, кэннилэриттэн с??рэн быыппастан кэлэн, муус устун сиирэ-халты ?ктээн халтары?наан, сирэйинэн бара сы?а-сы?а, аллараа Аппа?а сурулаата уонна с??????н былдьа?ан, бэдьэйбитин кубулуппакка, у?уор туораан, сыыры дабайда.
Кини «Лена» киинэ тыйаатырын каассатыттан «Покаяние» диэн са?а к?ст?н эрэр киинэ?э икки билиэт атыыла?ан, уопсай дьиэтигэр баран истэ?инэ санаатыгар ахсаан учууталын идэтигэр ??рэнэр Лиидэ мичийэр м?сс??нэ сандаара к?ст?н кэллэ, кинини киинэ?э ы?ыран к?р?р ба?алаах. Кэлтэй с?б?л?? сылдьар да, кыыс иэмин-дьаамын биэрэ илик, биирдэ эмит кэпсэттэхтэринэ, эмиэ да олох тэйитэрэ биллибэккэ дылы. Асфальт кытыытынан хаар бы?ыта сиэспит, дьиэлэр сарайдарыттан дьэ?кир муус чопчулар ыйанан, к?н уотугар к??ч?ктэнэ оонньууллар, тохтоло суох субуллар массыыналар уматыктарын дьаарын ба?ыйа сиик чэбдик сыта сабыта биэрэр.
Музыкальнай тыйаатыр иннигэр дьон б?л??хсэн турарын к?р?н, Бэргэн: «Эмиэ миитиннээн эрэллэр», – дии санаата уонна тугу са?аралларын билиэх-к?р??х ба?ата батабакка, кинилэргэ чуга?аата. Тирии кууркалаах эдэр уол тыл этэр, араатардыырыгар с?п т?бэ?иннэрэн, салгыны эрчимнээхтик сутур?алаан ылбахтыыр:
– Оттон партократтар туспа ма?а?ыыннаахтар, балыы?алаахтар, уочаракка турар диэни билбэттэр, хатыыс искэ?инэн эрэ дэлбэрийэллэр, оттон ити кэм?э к?нн?р? ?лэ?ит, рабочай му?наах к?л???н-бала?ын аллан, бы?ыы килиэп ту?угар хара?аттан хара?аны силбээн, к??стээх ?лэ?э сылдьар, ?р?б?л?гэр а?ыйах кыраам эти, арыыны ылаары, к?н?н-дьылын ма?а?ыын уочаратыгар барыыр…
Кини этиитин истэ туран, партийнай ?лэ?иттэр сирэйэ-хара?а суох барбыттарыттан хааннара хойдубут дьоннор сотору-сотору к??г?нэ?эллэр, с?б?лэ?эн тэптэрэн биэрэр ха?ыылара дуора?ыйаллар. Б?л??хс?б?т дьонтон тэйиччи холуочук ки?и ??к??лээбитэ буолан, сири ти?илэхтии-ти?илэхтии эргичийэр: «Бассабыык баартыйа былаа?а бахтайда…» Оттон араатар этэн-тыынан баран, кэмниэ-кэнэ?эс т?м?ктээн, сутуруктуу туппут илиитин ?р? ууммутунан ха?ыытаата:
– Суох буоллуннар партократтар! Туругурдун демократия!
Кинини атарах-сатарах ытыс тыа?ынан атаардылар.
– Хомуньуустар ханналарый? То?о кинилэр са?арбаттарый? Тылла биэри?! – диэн дьон ортотуттан ха?ыытастылар.
Онуоха кытархай дубленка сонноох, салгын сиэбэтэх ма?ан сирэйдээх саха ки?итэ дьон иннигэр та?ыста, итииргээн дуу – андаатар бэргэ?этин у?улла, ол кэм?э аллараттан к?б??л?? былаан ыйыттылар:
– Ким?иний? Бэйэ?ин били?иннэр!
– Баартыйа обкомун пропаганда?а отделын сэбиэдиссэйин солбуйааччы… – диэн баран, ки?илэрэ тохтуу т??эн, салгыны т????н му?унан э?ирийэн: – 1917 сыллаа?ы олунньутаа?ы ?р?б?л??сс?йэ… – диэн эрдэ?инэ, итиччэ ыраах кэм?э тиийбитин с?б?лээбэккэ, ?й мэйдээх тулуйбат и?иириитэ, араас ха?ыы-ы?ыы ?р? ньиргийдэ:
– Т?кс?, ууну-хаары эрдимэ!
– Норуоту албыннаан б?т??!
– Тохтоо!
– Т?с!
Ки?илэрэ тугу эрэ са?арыахтыы эргичи?нээтэ уонна с?б?лээбэт ы?ыы-ха?ыы с?рдэммититтэн, сапсыйан баран т??эн хаалла. Бэргэн и