Хара кыталык
Иван Михайлович ГоголевО книге
Входит в серию: Уран тыл уустараСаха народнай поэта, биллиилээх драматура, прозаига Иван Михайлович Гоголев-Кындыл норуот үһүйээнигэр олоҕуран суруйбут «Хара кыталык» романыгар айылҕаттан айдарыылаах, дьикти дьоҕурдаах Хобороос кыыс дьылҕата ойууланар.
Хобороос уонна Хабырыыс – айымньы сүрүн геройдара – тулаайах дьадаҥы Хараанай эмээхсиҥҥэ иитиллэн эрэйи-кыһалҕаны эттэринэн-хааннарынан билэн, кырыымчык олоххо үөскээн баайдары-тойоттору абааһы көрө улааталлар.
Хабырыыс – Тойон Киһи, кулуба үөрэхтээх уола бэйэтин кылааһын утары турар өйдөөх-санаалаах киһи буолар. Кини дьадаҥыны-кыамматы көмүскэһэр, ыар дьылҕаларын чэпчэтэр туһугар кыһаллар. Ол эрээри олоххо суолун-ииһин кыайан булуна илик, онон бэйэтин хара кыталыкка холонор. Оттон Хобороос кыыс дьикти дьоҕура – хос куолайа бастаан оонньуу-көр доҕуһуоллаах эбит буоллаҕына, кэлин атаҕастааччыларыттан өһүн-сааһын ситиһэр батас буолар.
Ромаҥҥа норуот ааспыт олоҕо чаҕылхайдык ойууланар
Рейтинги этой книги | за 2005 год | за всё время |
Современная русская литература | №109 | №59161 |
Среди всех книг | №2944 |