«Кэпсиэ» кэннэ а?а?астык
Наталья Владимировна Михалева-Сайа
Хомо?ой хо?оонньут, талааннаах суруналыыс Н.В. Михалева-Сайа саха к?р??чч?т?н кутун туппут, киэ? би?ирэбилин ылбыт «Кэпсиэ» биэриитин хайдах толкуйдаан, торумнаан, айан та?аарбытын, а?ыйах кэм и?игэр биэрии хас биирдии саха ыалыгар к?нд? ыалдьыт буолбутун си?илии сэ?эргиир. Аа?ааччы к??х экран к?ндэлэс к?ст??т?н кэтэ?эр хайдах олох баарын билиэн, бу биэрии биллии-би?ирэбил му?утуур чыпчаалыгар сылдьан со?уччу то?о тохтообутун ту?унан ыйытыытыгар хоруйун мантан булуон с?п.
Кинигэ иккис ба?ыгар дьо?урдаах суруналыыс саха ча?ылхай дьонун араас ?тт?лэриттэн арыйар суруйуулара талыллан киирдилэр.
Бу киэ? аа?ааччыга анаммыт хомуурунньук тэлэбиидэнньэ суруналыыстыкатын умсугутуулаах идэтин талбыт эдэр дьо??о басты? с?бэ?ит бы?ыытынан кэрэхсэниэ.
Михалева Наталья Владимировна-Сайа
«Кэпсиэ» кэннэ а?а?астык
Аан тыл
– Сайа! Тохтоо, тохтоо! – пиибэ атыылыыр киоска аттыттан сирэйэ ыраахтан кытаран к?ст?р?ттэн сылыктаатахха, биллэ холуочуйбут, Бэйиэт диэн аатынан бэйэтин улаханнык ааттаммыт билэр ки?им далбаатаммытынан ситэн кэлбитэ: – Сайа! То?о эйигин абаа?ы к?р?лл?р?й? Эйигин 80 быры?ыан саха ки?итэ му?ура суох таптыыр, оттон 20 быры?ыан саха ки?итэ му?ура суох абаа?ы к?р?р… Таптыыр – то?о диэтэххинэ, эн дьи?нээх талаа??ын! Абаа?ы к?р?р – эмиэ талааны? и?ин! Эн мэ?эйдиигин, талаа??ынан харахтары аала?ын…
Ити к?рс???? 2004 сыллаахха этэ. Мин тугу да кыайан булан хоруйдаабата?ым, арай сирэйим ол биллэ холуочуйбут Бэйиэт буолбатах бэйиэт киэниттэн итэ?э?э суох кытаран, дьон хара?ын утары к?р?р кыа?а суох умса туттан, «Холбос» уопсайыгар икки кыыспынаан ки?и соччо ымсыырыа суохтук сир та?ааран олорор быыкаайык хо?ум диэки с??рэр-хаамар былаастаах куоппутум. Ити кэм?э мин саха тэлэбиидэнньэтигэр «Кэпсиэ» биэриини иккис сылбын та?ааран эрэр, ?лэ т?б?г?нэн уонна ?лэ ??р??т?нэн эрэ тобус-толору олохтоох ки?и этим. Бэйэм буолла?ына 40 саастаахпын, син олох а?ыытын-ньулуунун амсайбыт, оллурун-боллурун аахпыт са?а сананарым. Идэм бы?ыытынан кыайа-хото тутар, с?б?л??р эйгэбэр ыарыр?атан к?рб?кк? к?н солото суох т?б?г?рэрим. Дьон-сэргэ ол ?лэбин хайдах ылынарын-ылымматын ту?унан ?сс? улаханнык толкуйдуу барбакка, санаам хоту айан, ?лэлээн… Хо?оон суруйар курдук, бииртэн биир биэриилэри та?аартыырым: иэйэн, умсугуйан, тиритэ-хорута сырала?ан… Оттон ити соччо бодоруспатах да буоллар, билэр ки?ибиниин к?рс????… Бастакы санаам «То?о элбэ?эй! 20 быры?ыан! Абаа?ы к?р?лл?р? Туох и?ин?» диэн этэ.
Билигин 2017 сыл. «Кэпсиэ» биэрии саха экраныттан с?пп?тэ ыраатта. Уулусса?а мин диэки ыйытардыы к?рб?т хас биирдии харахха «Хайа, «Кэпсиэбит» аны тахсыа дуо?» диэн уларыйбат ыйытыыны аахпыт кэмим кэннибэр хаалла. Саха ки?итин хас быры?ыана эбитэ буолла! Аахпаппын, аа?а сатаабаппын. Ол эрээри билэбин: барыгытыгар да буолбатар, ба?ыйар ?г?ск?т?гэр баарбын биллэрбиппин, санаабынан сайбыппын, иэйиибинэн тиийбиппин, кэпсээмминэн кэрэхсэппиппин… Билэбин ол быы?ыгар: биирдиилээн ким эрэ би?ирэбилигэр киирбэтэхпин, ким эрэ сулу?ун со?уччу уоппунан су?уктуппуппун, кини ыра гыммыт ыраах чыпчаалыгар эмискэ баар буолан мэ?эйдээбиппин… ?йд??б?н, Орто дойдуга ?сс? да баарбын, ол и?ин ону барытын холкутук ылынабын: баалаабаппын, баайсыбаппын, улуутумсуйбаппын. Хай?алга, махталга хара?арбаппын, хопко, холуннарыыга ???рбэппин.
Э?иги миигин таптыыр да, абаа?ы да к?р?р бырааптааххыт, э?иги онуоха олохтон ылбыт к???ллээххит.
Ол оннугар мин э?иги са?а та?ааран да, са?арбакка да ыйыппыт биир т?гэ??итигэр бы?аарыы биэрэр бырааптаахпын, со?отох тылынан туруору хоруйдаммат уустук хардабын кэпсээ??э киллэрэн кэрэ?илиир иэстээхпин. Э?иги ы?ырыыта суох эрээри кэтэ?иилээх ыалдьыккыт буолан дьиэ?итигэр киирбит, «Кэпсиэ, сахам дьоно!» диэн сахалыы са?алаах, сайа?ас эйгэлээх и?ирэх киэ?элэринэн кэрэхсэппит кэмнэрдээ?им и?ин…
Ардыгар саныыбын, ол 2002 сыл ахсынньытыттан 2008 сыл сэтинньитигэр диэри дьон тэ?инэн арыый холкутук сылдьан ?лэлээбитим буоллар, т??? эрэ уус-уран айымньылары, ба?ар, улахан арамааны да айан-суруйан кэбиспит буолуом этэ, диэн. Ол гынан баран, оло?ум-дьыл?ам ити кэм?э то?о эрэ миигин таас дьаа?ык