???йээннэр, номохтор
Багдарыын С?лбэ
Саха тылын ??рэ?эр топонимиканы т?р?ттээбит М. С. Иванов-Багдарыын С?лбэ «Талыллыбыт ?лэлэрин» бу алтыс томугар сир аатыгар сы?ыаннаах тус бэйэтэ уонна кини ??рэнээччилэрэ араас дьону кытта кэпсэтэн хомуйбут ???йээннэрэ, номохторо улуустарынан, кыраайдарынан наарданан киирдилэр. Сэ?энньиттэр саастара уонна улуустара ыйыллан, кэпсээннэрэ уларытыллыбакка, хайдах баарынан бэрилиннилэр.
Кинигэ аа?ааччы киэ? ара?атыгар ананар.
Багдарыын С?лбэ
Талыллыбыт ?лэлэр
Бастакы кинигэ
ААН ТЫЛ
Сир аатын хомуйуохха, чинчийиэххэ баар эбит диэн санаа XX ?йэ 60-с сылларын са?аланыытыгар, Б?л??тээ?и педучилище?а ?лэлии олордохпуна, киирбитэ уонна ??рэнээччилэрим к?м?л?р?нэн сир аатын хомуйбутунан барбытым. Ол бэлиэтэ, туо?ута буолан, бу хомуурунньукка кинилэр ?лэлэриттэн син балайда киирдэ.
Хомуллубут матырыйаалы бы?ааран, дьон билиитигэр та?ааран киирэн барбытым. Ол онон «Б?л?? диэн тыл ??скээ?инэ» диэн бастакы суруйуум «Бэлэм буол» ха?ыакка (03.03.1963) тахсыбыта.
Итинтэн ыла саха дьоно сыыйа топонимика диэн ??рэх баар эбит диэн билэн барбыттара. Оттон к?н б?г?н топонимика диэни истибэтэх уонна ол ис хо?оонун, суолтатын билбэт ки?и саха?а суох буолла диэн киэн туттабын.
Кэли??и кэм?э, дьон аатын ту?а диэн, дьэ сырыы б???т?н сылдьа сатаатым. Биирдэ кэлэн аа?ар кылгас олохпор астынар гына. Ол ту?унан урут суруйан турабын. Ити тухары сахам дьоно барахсаттар ??р??н? кытта баардарынан-суохтарынан к?м?л?ст?лэр. О?отуттан о?онньоругар тиийэ.
Кинилэр кэпсээбиттэриттэн, с?б?н к?р?н, ыстатыйаларбар, кинигэлэрбэр киллэртээн испитим. Ол онтум дьону ?сс? ордук к???лээбитэ. Уонна, ?ч?гэйэ диэн, оннук суруйууларбын бэчээтинэн сэ?ээрии кытта элбээбитэ.
Биир холобуру а?алыым.
2002 сыллаахха СГУ бэрэпиэссэрэ В. Б. Окорокова, ассистент А. Г.Куличкина, СГУ информация?а уонна реклама?а киинин дириэктэрэ Л. Е.Слепцова хомуйан «Эн миигин умнумаар, Сэргэлээх!» кинигэни та?аарбыттара. Кинилэр бу ?лэлэрин мин «Мэ?э ааттар» диэн суруйуубунан арыйтарбыттар этэ.
?кс?к?лээх ?л?кс?й, Г. В.Ксенофонтов, Сэ?эн Боло, А. А.Саввин, А. С. Порядин, Н. Т.Степанов, Г. Е. Федоров уонна да атыттар XX ?йэ бастакы а?аарыгар суруйбут ???йээннэрэ, кэпсээннэрэ саха култууратын кы?ыл к?м?с кылаата буолаллар. Былыргыны, т?гэх ?б?гэлэрбитигэр тиийэ, к?р?-истэ сылдьыбыттыы кэпсиир сээркээн сэ?эннэри батта?а суруйан хаалларбыттара.
Мин лаппа хойутаата?ым. Ол да гыннар, син ту?алаабыт курдук сананабын. И.Алексеев-Уйбаан ?л?кс??йэп (Ньурба, С?лэ нэ?илиэгэ, 1882 с. т?р??б?т), В. Н.Попов-Бочоох (Нам, Хатырык нэ?илиэгэ, 1909 с. т?р??б?т), Д. С.Лонгинов (Амма, Аба?а нэ?илиэгэ, 1909 с. т?р??б?т), Н. К.Игнатьев-Харчыкаан уола (Красноярскай кыраай, Лэмпиэскэй, 1978 с.: «Тойонноон к?рд?хп?нэ, 110-м быйыл», – диэбитэ), К. Д.Григорьев-Быычыгырас (Б?л??, Баппа?аайы нэ?илиэгэ, 1899 с. т?р??б?т), А. М.Черов (Муома, Кулун ?лб?т, 1876 с. т?р??б?т), А. С.Кырыалап (Хочо улуу?а, Дьаархан нэ?илиэгэ, 1889 с. т?р??б?т), А. А.Львова-Быкас (???ээ Б?л??, Ма?аас, 1906 с. т?р??б?т), Д. П.Елисеев (Боотуруускай улуус, I Хадаар нэ?илиэгэ, 1905 с. т?р??б?т) уонна да атыттар курдук ытык кырдьа?астары кытта кэпсэтэн, тылларын-?ст?р?н сурукка ти?эн ?йэтиппиппинэн киэн туттабын.
???йээннэр, кэпсээннэр бары хайа эрэ ?тт?нэн биллэрэр, иитэр суолталаах буолан и?эллэр.
Ат барыны кыайар кыахтаах, би?игини к?р?-харайа сылдьар дурдабыт-хаххабыт буолар диир ?йэлээх ???йээни 1969 сыллаахха Чурапчы Мугудайын кырдьа?а?а 82 саастаах М. А. Пермяков кэпсээбититтэн суруйбуппун бу хомуурунньукпар киллэрдим.
1975 сыллаахха ?йм?к??н II Боро?онун 63 саастаах ки?итэ И. М. Готовцевы кытта кэпсэппитим. Иннокентий Максимович: «Уус Алдантан биир ки?и саадьа?ай о?у?у миинэн тахсыбыта ???. Ол тахсан, ити Боро?он нэ?илиэгин т?р?ттээбитэ ???», – диэн кэпсээбитэ. Боро?он диэн кииннээх Уус Алдантан тахсыбыт ки?и ?йм?к????? Боро?он нэ?илиэгин т?р?тт??р.
Ити ???йээни биир ааттаах с??р?к о?устаах Улуу Хоро Саха сирин киин ?тт?гэр к???н кэлбитин ту?унан киэ?ник биллэр ???йээ??э сы?ыары тутан к?р??.
?лэм бы?ыллыбыт кээмэйэ хааччахтаата. Онон манна ??рэнээччилэрим ?лэлэриттэн уонна тус бэйэм эрэ кэпсэтэн