Назад к книге «Мин көтөр кынаттааҕым буоллар» [Иван Егорович Арбита]

Мин көтөр кынаттааҕым буоллар

�ван Егорович Арбита

Кинигэҕэ талааннаах поэт, тылбаасчыт �.Е. Слепцов-�ван Арбита талыллыбыт хоґоонноро, икки поэмата, кэпсээннэрэ уонна тылбаастара киирдилэр. 30-с сылларга хаһыаттарга, сурунаалга бэчээттэнэ сылдьыбыт сорох айымньылара аныгы ааҕааччыга саҥа тахсар.

�ван Арбита. Мин көтөр кынаттааҕым буоллар…

�ван Арбита тыыннааҕар бэчээттэппит айымньылара

Быйыл саха талааннаах поэта, тылбаасчыт �ван Арбита төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиибит. Онон сибээстээн саха ааҕааччытыгар поэт талыллыбыт айымньыларын хомуурунньугун бэлэмнээтибит. Манна урут тахсыбыт айымньыларын кытта, 30–40-с сылларга бэйэтэ тыыннааҕар хаһыаттарга, альманахтарга бэчээттэппит айымньылара, тылбаастара киирдилэр. Кылгастык �ван Арбита бэйэтэ көрөн-истэн бэчээттэппит айымньыларын историятын билиһиннэрэбин.

1943 сыллаахха, сайын үгэннээн турдаҕына, от ыйын 13 күнүгэр �ван Арбита «аньыылаах-харалаах аан дойдуттан» букатыннаахтык күрэммитэ. Хаайыыга сытан туохтан хайдах өлбүтүн, хомойуох иһин, билбэппит. Арай билэбит кини бэрт кылгас олоҕор олус элбэҕи аахпытын, айбытын, тылбаастаабытын. Суруйууларыттан биһиэхэ тиксибэккэ төһөтө сүппүтэ-оспута буолуой, бука, элбэх айымньы төннүбэт суолланнаҕа… Дьон кэпсииринэн, �ван Слепцов өссө Бүтэйдээх оскуолатыгар үөрэнэр кэмигэр нууччалыыттан сахалыы тылбаастыыра үһү. Ону бигэргэтэр чахчынан �ван Крыловтан 1931 сыллаахха оҥорбут «Сэбирдэхтээх силис» тылбааһа буолар. Биллэн турар, кэлин олортон саамай бастыҥнарын талан хаһыаттарга, хомуурунньуктарга бэчээттэттэҕэ. Холобур, улуу Пушкинтан 47 айымньыны тылбаастаабыта «Талыллыбыт лирика» диэн ааттанан 1940 сыллаахха туспа кинигэнэн бэчээттэммитэ. Нөҥүө сылыгар Лермонтов хоһооннорун, поэмаларын тылбааһын хомуйан, эрэдээксийэлээн поэт өлбүтэ 100 сылыгар таһаартарбыта. Манна бэйэтин 10 тылбааһа киирбитэ. Тыыннааҕар бу икки тылбаас кинигэлээҕэ. Бэйэтин айымньыларын бэчээккэ бэлэмнээн баран, кинигэнэн таһаартарбакка сылдьан репрессияҕа түбэспитэ…

�ван Арбита айымньылара икки кинигэнэн, оруобуна сүүрбэ сыл анараа өттүгэр, 1993 сыллаахха күн сырдыгын көрбүттэрэ. Бу сэдэх уонна дьикти түбэлтэ. Мин билэрбинэн, тыыннааҕар кинигэтин таһаартарбатах, төрөөбүтэ 80 сылын көрсө, суох буолбута үйэ аҥаара буолан бар

Купить книгу «Мин көтөр кынаттааҕым буоллар»

электронная ЛитРес 200 ₽