Сайсары к??лгэ т?бэлтэ
Егор Петрович Неймохов
Эдэр силиэдэбэтэл дьаны?ан туран бутуурдаах дьыаланы арыйарын ту?унан аа?ааччы бол?омтотун тардардыы дэтэктиип жанрынан суруллубут сэ?э??э ойууланар. Киирии тылы айымньы с?р?н геройун прототиба – юстиция генерал-майора Макар Яковлев суруйбута кэрэхсэбиллээх.
Егор Неймохов
Сайсары к??лгэ т?бэлтэ
Табыллыбатах к?н
Таксист Назар Давидян хара сарсыардаттан табыллыбатах к?нэ ??ннэ. Гаражка кэлэн, массыынатын са?ардыы к?р?нэн эрдэ?инэ, диспетчерскэйгэ ы?ырбыттара. Куруук кинини эйэ?эстик, ??рэ-к?т? к?рс?р диспетчер Светлана б?г?н тимир-тамыр курдугун тута бэлиэтээтэ, дорообото-дыраастыйа суох, кини кыайан тиийбэтэх аадыры?ын квитанциятын ???л?тээт, бы?а бааччы: «Бэ?э?ээ эйиэхэ бэриллибит 6-с сакаа?ы то?о толорботу?? Пассажир кэлэн ??сэ сылдьар, «такси тиийбэтэ, онон с?м?л??ттэн хааллым» диир». Назар Хаты? ?рэх даачатыгар пассажирдары илдьибитин, онно к?л???т? тэстэн уларытаары мучумаанна?ан хойутаабытын э?ин бы?аарыах буолбута да, диспетчер хайыы-?йэ атын суоппарга хайы?ан и?эн ки?инэйбитэ: «Пассажиргын кытта бэйэ? бы?аарыс…»
Назар таксопарка олбуоруттан, туохтан эрэ куотардыы, т?ргэнник сырылатан тахсыбыта, модун «Волгата» хас биирдии хамсаныытын имигэстик истэриттэн, б?л??н т?сп?т хаар сып-сырдыгынан, ып-ыраа?ынан туналыйарыттан дьэ арыый сэргэхсийэ бы?ыытыйда, бэл, бу чэбдик салгыны э?ирийээри, аанын сэгэттэ – кутулла т?сп?т салгыны и?сэлээхтик ыймахтаата, онтон сабан «лип» гыннарда. Ханныгын да и?ин, бэ?э?ээ сыыстарда – ха?ан да ки?и ба?атын ханнарыа суох хачыгырас харчы ымсыыта иэдэттэ. Билигин, дьэ, ити баар… Аны хаалбыт пассажир с?м?л??ккэ борогуонун т?л?тт?р??хтэрэ, т?л?тт?р?лл?р? да эрэбил. Республика и?игэр к?т??чч? буолла?ына, син да этэ, арай co?ypyy барыахтаах ки?и буоллун? Оччо?о, дьэ, иэдээн. Бэйэтэ балтараа м????х…
Давидян бэ?э?ээ сарсыарда эрдэ куорат иччитэхсийбит киин уулуссаларынан айаннаан и?эрин ?йд??т?. Орджоникидзе болуоссатыгар такси тохтобулугар икки уолу кытта икки кыыс тураллара, бэрт эрдэттэн далбаатаспыттара. Хара тирии сонноох кыыс икки илиитин бокуойа суох сапсыйа-сапсыйа, омунугар, адьас уулусса?а с??рэн тахсыбыта. Aaha барыах курдук санаалаа?а да, туох имнэммитэ буолла, кыы?ы аттынан к?т?тэн и?эн, то?о туормастаабытын бэйэтэ да ?йд??б?т???. Тута т?рд??н саба сырсан кэлэн, аны куотуо диэбиттии, и?ирдьэ олорунан кэбиспиттэрэ. Салон и?э сонно к?рд??х са?аны сэргэ духуу, арыгы сытынан туолбута.
– Шеф, Хаты? ?рэх даачатыгар, – диэбитэ кинини кытта сэргэстэ?э олорбут кы?ыл сирэйдээх багдаллыбыт уол. – Ата?астыахпыт cyo?a…
Массыына?а ыга олорбут дьону холдьохсон да ту?а тахсыа суо?ун ?йд??н, итиэннэ кыргыттардаах сылдьар уолаттар ?б? дэлэйдик ыскайдыылларын билэр да буолан, Назар тугу да хардарбакка, таксины т?тт?р? эргитэн, болуоссаты кыйа тэптэрбитэ.
Пааралар, кырдьык, «ата?астаабат» гына т?л??б?ттэрэ, ол кэнниттэн хаарга орохочуйар ыллык суолунан хаамса турбуттара.
Т?нн?н истэ?инэ, массыыната и?нэс гыммыта, биир баллонун тыына тахсан хаалбыт этэ. Назар соччо уолу?уйбакка саппаас к?л???т?н та?аарбыта уонна, багажник и?ин одууласпахтаат, ca?a аллайбыта: домкратын бэ?э?ээ Семка Сарычев уларсыбыта уонна т?н?ннэрбэтэх, бэйэтэ да умнан, т?тт?р? к?рд??б?т?х. Т??ннэри к??лэйдиир пааралары, Семка Сарычевы, массыынатын ??хсэ-??хсэ, ки?итэ-с????тэ мэлийбит даача суолугар бэрт у?уннук сыраласпыта. Тэйиччи ыал олбуоруттан у?ун т????, ыарык, сыттык э?ин мастары а?алтаан к?л???т?н уларытан олордуор диэри 6-с сакаа?ын бириэмэтэ ааспыта. Ол да ?рд?нэн Назарга, барбах да буоллар, эрэл кыыма кыламныыра – ба?ар, пассажир атын тугу эмэ булан порка киирбитэ буолуо диэн. Онтуката ханна баарый… «Табыллыбатах наар аанньа» диэбиккэ дылы, бэ?э?ээ киэ?э аны кэргэнэ: «Дьон бары ?ч?гэй кыбартыыралаахтар, би?иэхэ эрэ суох, эр ки?и бyoлaaxтaa??ын, к?л??кк?н…» – диэн бы?а сулуйан та?ыста?а ???. «Дьиэлэниэхпит-дьиэлэниэхпит, кыратык к??тэ т?с, билигин да ку?а?аннык олорор ???б??т, онноо?ор бэйэбит «Волгалаахпыт» дии», – диэн кэргэнин ?сс? эбии сэтэрдибитэ: «Эн «Волга?ар», бука, олорбоппут буолуо, сайын элээмэтигэр биирдэ эмэ массыыналанан ачыа?ырар аата, ол бензинэ, саппаас